Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Воспитание и дополнительное образование детей / Новости /
   
Аҕалар түмсэллэр ("Айыы Кыһатын" Тойон Сүбэтэ сүбэлэһэр).
20.03.2015 15:59


Оҕону төрөөбүт тылыгар, үгэһигэр угуйуу, удьуор-утум салҕаныытын сырыы аайы ситиһии - улахан сорук, ордук куорат сиригэр олохтоох сахаларга.  "Айыы Кыһатын" аҕалара аҕыйах сылтан бэттэх түмсэн, Тойон Сүбэ тэрийэн, оҕону саха төрүт үгэһигэр сыһыарыы үлэтин утумнаахтык ыыталлар. Соторутааҕыта Тойон Сүбэ түмсэн, баар кыһалҕаны, инники соруктары, үлэ ымпыгын-чымпыгын быһаарыста.

Киирии тылы оскуола төрөппүт сүбэтин салайааччыта Ю Владимир Шиндикиевич оҥордо. Кини этэринэн, оскуола аҕалара олус таһаарыылаах үлэлээхтэр, онон, ону түмэр, сааһылыыр, араас күөн күрэскэ кыттар инниттэн общественнай түмсүү быһыытынан регистрация ааһара билигин олус тоҕоостоох. Түгэни туһанан, мустубут төрөппүттэр тутуу боппуруоһун ыйыттылар. Онуоха, бииринэн, ватсап ситиминэн тарҕаммыт информацияҕа канадскай хампаанньа дуогабар түһэрсэн, эһиил оскуола үлэҕэ киириэҕэ диэн этиллэр, оттон соторутааҕыта интернет-сонуннарга Правительство бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Павел Маринычев Россия бөдөҥ газовай хампаанньатын кытта кэпсэттим, "среднесрочнай" хабааннаах тутуу диэн эппитэ эмиэ баар диэн бэлиэтиэххэ наада. Ити ыйытыыга дириэктэр Лидия Петровна Шамаева - биһиги төһө кыалларынан үөрэхпитинэн, оҕолорбут ситиһиилэринэн, төрөппүт сомоҕолоһуутунан тутууну чугаһатар - биир бастакы сорукпут диэн хардарда.

Биир улахан боппуруос быһыытынан - эһиилги үөрэх дьылыгар оскуола 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир дьаһалыгар кыттыы буолла. Манна аҕалар бука бары ким-туохха сыһыаннааҕынан ылсан, бөлөхтөһөн, үлэни билиҥҥиттэн саҕалыах буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Санатар буоллахха, Айыы Кыһата оскуола быһыытынан бастакы кылаастарын 2005 сыл күһүнүгэр арыйбыта. Оччоттон-баччаҕа диэри оскуола сэмэй ситиһиилэрдээх, олортон биирдэстэрэ, директор Лидия Петровна бэлиэтээбитинэн, аҕалар түмсүбүттэрэ, элбэх үлэни ыыталлара буолар.

Үһүс улахан боппуруоһунан, мунньах салайааччыта Николай Викторович Андреев, мантан саас буолар үгүс тэрээһиннэр тиһиктэрин туруорда. Ол курдук, чугаһынан турар тэрээһин - Куйуур, республикатааҕы "Байанай", "Аҕа күрэҕэ", оскуолатааҕы үгэс буолбут оскуола үс кыттааччытын научнай-практическай конференцията, маай хаамыыларыгар кыттыы, Кыайыы 70 сыла, о.д.а.

Уопсай быһаарыынан, үөһэ этиллибит тэрээһиннэр ханна, хаһан буолалларын быһаарсыы, кыттыы уратытын ылынныбыт. Аҕа түмсэр буоллаҕына - туох барыта кыаллар.

 

 

Рустам КАЖЕНКИН,

оскуола иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.