Ыһыах туһунан. Саха тылын билээр-көстөр тылдьытын ааптара Эдуард Пекарскай ыстатыйатын ааҕабыт: "Ысыах [от ысыах] - кропление, окропление, обрызгивание; жертвенное кропление кумыса Ксен., старинный большой кумысный праздник, справлявшийся весною (около Троицына дня в конце мая) или летом (в конце июня), когда много кобыльего молока, в честь божества Айыы или Аар Тойон, - причем огонь во время празднества окропляется кумысом (Я.Е.В. 1891, 12); праздник начинался окроплением юрт и полей Буссе; кумысный пир, праздник молока, общественное увеселение, народное гульбище, всенародное жертвоприношение. Тоҕус күннээх түүнү мэлдьи тонолуйбат ыһыах пир, не прирывавшийся девять дней и ночей..." Көрөрбүт курдук, үгүс ыһыах билигин, ыам ыйын бүтүүтэ, оҥоһуллара урукку өйдөбүлгэ сөп түбэһэр курдук. Айыы Кыһата оскуола эмиэ ити үгэһи тутуһар.
Күнү-дьылы эрдэттэн билэр-көрөр эмиэ бэйэтэ туһунан күчүмэҕэйдээх эбит. Саха сирин үрдүнэн ыам ыйын үһүс декадатыгар хайаан да ардыыр күннэр баар буолаллар, ол эрэн сылын аайы ол күнүн ханан түбэһиэ биллибэт. Билиҥҥи дьон сиэринэн, интернеккэ халлаан туругун эрдэттэн көрөн, онно эрэнэн ыһыах күнүн аныыр буоллахпыт. Ардыа дуу, суох дуу диэн сэрэйии манна да уҕараабат. Нэдиэлэ анараа өттүгэр көрүллүбүт прогноз икки-үс күнүнэн уларыйыан сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Айыы Кыһатын ыһыаҕа ыам ыйын 25 күнүгэр турбута. Бу күн биир нэдиэлэ инниттэн үс күннээх курулаччы ардах диэн хас да араас сиргэ билгэлэммитэ баара. Ону ол диэбэккэ, күнүн уларыппатахпыт, үчүгэй күн хайаан да буолуо диэн эрэниибит, син былырыыҥҥы курдук, хата, этэҥҥэ, туолла. Оскуола хас да сылтан бэттэх Тулаҕыга Кумахтаах диэн ытык сиргэ ыһыах ыһар. Бу сири өссө, Л.А.Афанасьев этэринэн, Кумахтаах Баатылы диэн ааттыыллар эбит. Бу - баатылылар олорбут түөлбэлэрэ. Ол быһыытынан - бу ытык сир. Ыһыах алгыһын - Афанасий Семенович Федоров оҥордо. Алгыс кэмигэр оскуола оҕолоро хас биирдии Айыы алгыһын төрүт хамсаныынан көрдөрөн, дьон-сэргэ олус чугастык уонна наһаа сэргээн ылынна. Оҕолору үҥкүүгэ уһуйааччы Сардана Катакова бу түгэҥҥэ - оҕолору көннөрү хамсанарга эрэ буолбакка, хамсаныы ис хоһоонугар уһуйара чахчы итэҕэтиилээхтик көһүннэ уонна мустубут бары дьон болҕомтотун тарта. Быйылгы ыһыах өссө биир уратыта - кымыс иһиитин сиэрэ-туома. Түһүлгэни тулалаан турар хас биирдии кылаастан - салайааччылара кэлэн алгыстаах сири иһиттэн кымыс куттаран - айах тутуу сиэрэ тутуһулунна. Манна "Сандал" үҥкүү бөлөҕө сиэри ситэрэргэ олус көмөлөөх буолла диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Оһуохай тылын учуутал, поэт Александра Попова уонна кини үөрэнээччитэ, Хатылаевтар айар бөлөхтөрүн иитиллээччитэ Аскалон Семенов эттилэр. Бу кэннэ бары мустубут оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар сиэл ыйыыр туому толордулар. Сайын ийэ барахсан сатыылаабыт сылаас күнүгэр - ырыа-тойук дьиэрэйдэ, тойук-олоҥхо ыпсарылынна, хоһоон-үгэ этилиннэ. 60-тан тахса нүөмэрдээх улахан көрүү-кэнсиэр түмүгүнэн, бастыҥ хомусчуттар, олоҥхоһуттар, тойуксуттар, ырыаһыттар, хоһоонньуттар ааттаннылар. Тэрийээччилэр С.Д.Жиркова, В.А.Слепцов, А.В.Гоголева, төрөппүт В.К.Иванов-Сиэйэ Уола үрдүк таһымнаахтык тэрийбит түһүлгэлэрин кылаас барыта астынна, үөрдэ-көттө. Оттон быыппастар былчыҥнаахтар, түргэн туттунуулаахтар, улахан күүстээхтэр - хапсаҕайга, атах оонньуутугар, сүүрүүгэ, тутум эргииригэр, мүһэ былдьаһыытыгар тургутуһан көрдүлэр. Быйыл эт-хаан күрэхтэрин биир уратыта, оскуола аҕаларын түмсүүтүн көҕүлээһиинэн - Аҕа хапсаҕайа уонна Аҕа мас тардыһыыта киирдэ. Кэлбит аҕалар көхтөөхтүк кыттан, бу көрүҥнэр олус сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык аастылар. Кыайыылаахтар сыаналаах бирииһинэн уонна биллэр-көстөр спортсмен Стручков Василий Егорович (Абый Бааска) илиититтэн мэтээл, грамота туттулар. Оттон оҕолорго бары көрүҥҥэ барытыгар уопсайа 22 комплект-наҕараада оонньонно. Тэрийээччилэр З.И.Федоров, И.П.Черноградскай, Н.В.Андреев, В.В.Могдоев олус сатабыллаах салайыыларынан күрэх дьон-киһи астыммыт, дуоһуйбут туругунан бэрт астыктык түмүктэннэ.
Айыы Кыhата оскуола |
© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна. |