Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Информационно-методический отдел / Городские мероприятия. Аналитика /
   
Дьокуускай куорат саха тылын, литературатын, культуратын "Бастын учуутала" курэх
28.02.2013 18:43


Бугун Дьокуускайдаа5ы национальнай гимназия5а  "Саха тылын, литературатын, саха терут культууратын бастын учуутала" диэн ааттаах курэх  ыытылынна. Курэххэ бэйэлэрин дьо5урдарын, талан ылбыт идэлэригэр ситиьиилэрин уллэстэ  барыта 11 учуутал куорат араас оскуолаларыттан кыттыыны ыллылар.

Уеруулээх аьыллыыга национальнай гимназия уерэнээчиилэрэ кыттан, мустубут дьону сэргэхситтилэр. Мустубут дьону, курэхтэьээччилэри Дьокуускай куорат Уорэ5ин салалтатыттан Любимова И.П.  э5эрдэлээтэ. Бу курэх быйыл куьун тэриллибит куорат саха оскуолаларын суруннуур Субэ ке5улээьининэн, учууталлар идэлэрин урдэтэр институт, уонна национальнай оскуолалары чинчийэр институт ейебулунэн аан бастаан тэриллиннэ. 

Бастакы туьумэххэ "Бэйэни билсиьиннэриигэ" кыттааччылар айар улэлэрин, себулуур дьарыктарын, уерэтэр-иитэр ньымаларын, уерэнээччилэрин ситииhиилэрин, олоххо булбут аналларын ырыанан-тойугунан, ким туохха дьо5урдаа5ынан уус-ураннык кердердулэр.

Салгыы учууталлар уруок ыытыытыгар таьымнарын, сатабылларын кердердулэр. Хас биирдии ыытыллыбыт уруок ер сыллаах улэ тумугэ буолан чочуллан, баай ис-хоьоонноох, иитэр-уерэтэр суолталарынан да5аны кэрэхсэбиллээх уруоктар буоллулар.

Уьус туьумэххэ кыттааччылар "Маастар кылаастары" ыыттылар. Саха о5отун тереебут терут тылга уьуйар-такайар  кэскиллээх улэлэригэр бэйэлэрин керуулэрин, ньымаларын кэпсээтилэр.   

Талан ылбыт идэлэрин, киhи быhыытынан сайдыыларын, кими холобур оцостон, ханнык сыалы-соругу туруорунан  улэлииллэрин туьунан эссе  суруйан дьуллуур субэ5э аахтардылар.

Учууталлар уорэх сана технологиятын ньыматын элеменнэрин туттан о5олор санааларын этиттэриини, толкуйдуулларын ситистилэр, о5ону кытары улэлиир уоруйэхтэрин уруоктарга, маастар-кылаастарга кордордулэр.

Дьууллуур субэ быhаарыытынан конкурс тумугунэн кыайыылаахтарынан буоллулар:

I  миэстэ - Аржакова Аграфена Ивановна, Айыы-кыhата. Шишигина В.Р., Учууталлар идэлэрин урдэтэр институт улэhитэ кыайыылаахха "Саха сирин методист учуутала"  диэн бэлиэни туттарда.

II  миэстэ- Осипова Майя Виссарионовна, 14 Nдээх орто оскуолата ылла. Киниэхэ Россия киин куоратыгар баран идэтин урдэтэригэр сертификат туттарылынна.

III  миэстэ - Федорова Марианна Макаровна, 20 Nдээх орто оскуола учуутала ылла.

Анал номинация хаhаайыннарынан буоллулар:

"Утуо угэстэрдээх учуутал" - Сорокоумова Саргылана Ивановна, 7 N орто оскуола

"Айар куттаах учуутал" - Васильева Надежда Алексеевна, Саха- гимназия

"Чинчийээччи учуутал" - Сидорова Августа Семеновна, Тулагы орто оскуолата.

Егорова Капиталина Семеновна, национальнай гимназия  учуутала "Саха сирин методист учуутала"  бэлиэнэн  на5араадаланна, Торут оскуолалар институт улэhитэ Флегонтова Е.М. Сидорова Августа Семеновна5а "Саха тылын уорэтии 90  сыла" диэн бэлиэни туттарда.

Хас биирдии кыттааччыга Дьокуускай куорат Уорэ5ин дьаhалтата, Идэни урдэтэр институт уопуттарын тар5аппыт учууталларга туоhу суруктары туттартаатылар.

Бастакы тэрээhин ере кете5уллуулээхтик ыытылынна, чахчы да5аны саха саргытын салайсар бастыц учууталлар баалларын илэ керен астынныбыт.

 Курэх тэрийээччилэрэ Тылы чинчийэр институкка, Учууталлар идэлэрин урдэтэр институкка, оскуола салайааччыларыгар, куннэтэ тубугурэн улэлии-хамсыы сылдьар учууталларга бар5а махтал тыллары эттилэр, маннык курэхтэр угэскэ кубулуйан ыытыллалларыгар ба5а санааларын эттилэр.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.