Саха норуотун киэн туттар уола, бөдөҥ общественнай деятель, саха уус-уран литературатыгар чулуу айымньылары айан-тутан хаалларбыт үрдүк талааннаах суруйааччы П.А.Ойуунускай кэлэр 2013 сылга төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээн бүтүн республика үрдүнэн араас хамсааһыннар, тэрээһиннэр ыытыллыахтара турдаҕа. Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музейга сэтинньи 26 күнүгэр куорат уонна куорат таһынааҕы оскуола үөрэнээччилэригэр "Былатыан ааҕыыларын" күрэ5ин бастакы түһүмэҕэ буолан ааста. Манна барыта 85 үөрэнээччи 2 кылаас үөрэнээччититтэн саҕалаан 11 кылааска диэри араас оскуолалартан суруйааччы хоһоонноруттан, кэпсээннэриттэн уус-ураннык ааҕан, сценка, литературнай композиция туруоран олус көхтөөхтүк кытыннылар. Бу тэрээһиҥҥэ оҕо, учуутал эрэ буолбакка үгүс төрөппүт оҕолорунаан тэҥҥэ долгуйа, көрө-истэ кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Улуу Ойуунускай уобараһын сыанаҕа дьоһуннаахтык арыйан үгүстүк көрдөрбүт саха драматическай театрын артыыһа Кирилл Семенов оҕолорго поэт айымньыларын ааҕан оҕолору ханнык эрэ биллибэт дьикти турукка киллэрдэ, хас биирдии кыттыахтаах оҕону сыанаҕа хайдах туттан туран ааҕарга, хоһуйарга бэлэмнээтэ. Оҕолор бу Ойуунускай музей дьиэтин иһигэр улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтаахтарын эрдэттэн өйдөөн-санаан, чуумпутук иһийэн олорон иһиттилэр, сыанаҕа тахсан бэлэмнэммит нүөмэрдэрин бииртэн биир солун, интэриэһинэй уобарастары, ааҕыылары, дьүһүйүүлэри көрдөрдүлэр. Оттон жюри быһыытынан бу кун сыаналаатылар: Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх салалтатын сүрүн специалиЬа Винокурова Г.Е, СР үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов, СР үтүөлээх артыыһа Апросимов М.М, музей научнай сотруднига Аммосова Р.Т. уонна Дьокуускайдааҕы Белинскэй аатынан библиотека үлэһитэ Прядезникова А.Ф. Ол курдук жюри түмүгүн таһааран маннык миэстэлэри анаата: Биирдиилээн ааҕыыга: саха гимназиятын 2 "б" кылааьын уорэнээччитэ Петров Максим "Айыл5а барахсан" хоьоонунан дьуьуйууну толорон 1 миэстэни ылла, салайааччыта Назарова С.Н.; 2 миэстэни Оҕо дыбарыаһын "Күн бэлэҕэ" театральнай студия иитиллээччитэ Дьяконов Артур "Өйдөөх оҕо" кэпсээнтэн быһа тардан ааҕан 2 миэстэҕэ тигистэ, салайааччыта Васильева С.В.; Б.Ойуунускай Абаҕа пионердарын аьаҕас суруктарыгар хоруйдаан суруйбут ырыатын "Мин бэркэ ытабын" хоһоону ааҕан 26 оскуола 4 "е" кылааьын үөрэнээччитэ Шестакова Айсена үһүс миэстэни ылла, салайааччыта Елисеева Александра Гаврильевна.; Бу түһүмэххэ нуучча оскуолаларыттан сахалыы билбэт оҕолор эмиэ кытыннылар: Зекин Артем 26 оскуола 2 "г" кылааьын үөрэнээччитэ "Сын Татты Сияющей Былатыан" хоһоону А.Бояров уонна П.Черных-Якутскай тылбаастарын аахта, салайааччыта Дуранова А.С. Ону кытта саха кэпсэтэр тылын үөрэтэр нуучча оскуолатын оҕолоро, Табаҕа оскуолатын 5 "а" кылааһын үөрэнээччилэрэ: Воротаева Настя, Смирнов Дима, Ляшкович Таня, Белозерова Таня уу сахалыы чуолкайдык саҥараннар Ойуунускай "Үчүгэй түҥэтик" кэпсээниттэн уустук үллэриитин сыанка оонньоон көрдөрөннөр анал бириискэ тигистилэр, саха оҕолоруттан букатын хаалсыбатылар. Оттон күрэхпит сүрүн чааьынан литературнай композиция туруоруута этэ. Онно 23 нүөмэрдээх оскуола 6 "б", 7 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ, барыта уонча оҕо "Кэлэр кэскил ырыата" дьүьүйүүнү көрдөрөннөр 1 миэстэни ыллылар, салайааччылара Гаврильева В.С, Кулакина Т.Е. 2-с бириистээх миэстэни Сайсаар 20-с нүөмэрдээх оскуолатын 4 "в", 7 "в" кылааһын оҕолоро "Кэриэһим кэннибэр хааларым, кэхтибэт кэрэкэ тылларым" баянынан музыка доҕуьуоллаах литературнай дьүһүйүүнү көрдөрөннөр барыбытын олус астыннардылар. Саха гимназиятын 3 "а" кылааһын үөрэнээччилэрэ суруйааччы Былатыан Ойуунускай кыьалҕалаах оҕо сааһын кэпсээбит "Оҕо куйуурдуу турара" айымньытын туруоран 3-с миэстэни ыллылар, салайааччы Ильина А.Н, манна оҕолор ооннооҕор куйуурдарын куойатын, маҥкытын оруобуна үтүгүннэрэн оҥорбуттар этэ. Сыанкаларга: "Уустук үллэрии" айымньыны көрдөрөннөр 26 оскуола 6 "е" үөрэнээччилэрэ 1 миэстэни ыллылар, салайааччы Пестерева Н.И.; "Өйдөөх оҕо" кэпсээни туруоран Саха гимназиятын 2 "г" кылааһын үс оҕото 2 миэстэҕэ тигистилэр, салайааччы Миронова Д.А.; Гражданскай сэрии сылларыгар кыһыл сэрииһиттэр чаҕылхай уобарастара кырдьыктахтык ойууламмыт "Өрүөл кэриэһэ" айымньынан дьүһүйүүнү көрдөрөн 31-с оскуола 6 "а" кылааһын оҕолоро 3-с миэстэни ыллылар, салайааччы Молукова Л.Ф. Ону таһынан анал номинациялары: "Бастыҥ уобараһы айааччынан" Саха гимназиятын 2 г кылааһын үөрэнээччитэ Нестеров Борис ылла, "Бастыҥ дьүһүйээччи" анал номинация саха гимназиятын 3 "в" кылааһын 12 үөрэнээччитигэр "Кулунчук" фольклорнай бөлөҕөр бэриллэн үөрүүлэрэ үрдээтэ. Бу күрэххэ 2-с нүөмэрдээх оскуола саха тылын, литературатын учууталлара Корнилова А.А, Малышева Е.М. 9 "в", 11 "г" кылааһын барыта 16 уол оҕону кытыннаран, бэйэлэрэ эмиэ ыллаан-туойан сэргэх дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Бары кыттыбыт оҕолорго сертификат, миэстэлэспит коллективка бэлэх туттарылынна. Оттон оҕолор бу Ойуунускай аатынан музейга кэлэн суруйааччы уус-уран айымньыларын ааҕан, үөрэтэн толоруу эрэ буолбакка бу Б.Ө.Ойуунускай диэн суруйааччы, дьиҥ төрөөбүт норуотун төлөннөөх ырыаһыта, баай батталын утары бэйэтин илбистээх тылын үҥүү-батас оҥостон бар дьон санаатын өрө көтөхпүт, норуокка киэҥник тарҕаммыт элбэх ырыаны-хоһоону айбытын, суруйбутун биллэхтэрэ. Нюргуяна Халгаева Былатыан Ойуунукай аатынан музей улэьитэ . 26.11.2012 |
© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна. |