Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Отдел развития образования / Приказы, положения /
   
П.А.Ойуунускай тереебутэ 120 сылынан куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын о5олоругар "Мин Ойуунускайым" литературнай конкурс балаhыанньата
08.11.2013 15:01


П.А. Ойуунускай аатынан государственнай литературнай музей

В.Г.Белинскэй аатынан Дьокуускай куорат Киин библиотекатын

Национальнай уонна кыраайы үөрэтэр салаата

 

Саха советскай литературатын төрүттээччи, общественнай, государственнай деятель, поэт, прозаик, драматург П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылынан куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын о5олоругар "Мин Ойуунускайым" литературнай конкурс

 

Балаһыанньата

 

Буолар күнэ, бириэмэтэ: сэтинньи 25 күнэ, 3 чаастан.

Буолар сирэ: П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музей

Сыала: суруйааччы норуотун туһугар олорбут олоҕун, айар үлэтин нөІүө оҕоҕо толкуйу, үтүө санааны иІэрии; төрөөбүт тыл баайын, эгэлгэтин өйдүүргэ уһуйуу; сахалыы саІарар дьоҕуру сайыннарыы.

Кытталлар: Дьокуускай куорат оскуолалара.

Хас биирдии оскуолаттан    6 оҕо кыттар: 6,7, 8, 10  кылаастартан бэйэҕит көрүүгүтүнэн кытталлар.

 

                                               Түһүмэхтэрэ:

 

1.     Бэйэни билиһиннэрии "Мин Ойуунускайым". (5-7 мүн. итэҕэһэ суох бириэмэҕэ эрдэттэн бэлэмнээх кэлэллэр).

2.     "Ойуунускай айымньыларыгар ойууланар өбүгэлэрбит малларын-салларын төһө билэҕин?"(туохха туттулларын, ханнык айымньыга ойууланарын билиэхтээхтэр)

3.     Хоһоон ааҕыыта (эрдэттэн бэлэмнэнии). Манна оҕо айымньы ис хоһоонун арыйан ааҕыыта, туттан-хаптан туруута - толору маастарыстыбалаахтык арыллан ааҕыахтаах.

4.     Инсценировка: "Өйдөөх оҕо", "Оҕо куйуурдуу турара", "Обуннаах оҕо", "Харачаас" айымньыларынан туруоруу. (эрдэттэн бэлэмнэнии)

5.     Наҕараадалааһын. (грамота, сертификат, бириис).

 

 

Билсиһэр телефон: 42-89-12, 35-61-32. литер. музей, 89142218527 - Халгаева Н.В.

21-48-20  Белинскэй аатынан библиот. кыраайы үөрэтэр салаата,

 89142221776 -Уваровская И.В.

 

Биһиги аадыпыспыт: . Октябрьскай уул.N10., авт. маршр. N 8, 20, 41,15,5, 2.-Пушкин библ., Норд Хаус остановка.

 

Для участия заявки по адресу: anzhielika.popova.75@mail.ru

Поповой    Анжелике   Ивановне  отдел развития образования УО

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.