Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Информационно-методический отдел / Приказы, положения /
   
"Я - Якутянин" куораттаа5ы куонкурус иhинэн ыытыллар Олонхо дойдутун чулуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай тθрθθбүтэ 120 сылын кθрсθ Дьокуускай куорат оскуолаларын үθрэнээччилэригэр ыытыллар түһ
19.04.2013 11:39


Сыала:

  1. Саха советскай литературатын тθрүттээччи, бθлүһүθк, суруйааччы, бθдθн общественнай-политическай

деятель, лингвист-учуонай П.А.Ойуунускай норуокка анаммыт олођун, айар, салайар үлэтин туһунан ођођо, ыччакка дьоһуннаахтык тиэрдии.

  1. Бэс ыйын 10-13 күннэригэр Таатта улууһун Чθркθθђθр ыытыллар республиканскай "Ойуунускай аађыыларыгар" куорат оскуолаларын хамаандатын талыы (бастаабыт оскуола).

         Соруктара:
1. Билинни уларыйа турар кэмнэ, П.А.Ойуунускай олођун холобуругар ођону тθрθθбүт дойдутун тθлθннθθхтүк таптыырга уһуйуу,  дьон-норуот туһугар бэриниилээх буолууга угуйуу, θбүгэ үтүθ үгэстэрин, ытык θйдθбүллэрин (сыаннастарын) θрθ тутарга үθрэтии;
2. П.А.Ойуунускай айымньыларынан эдэр кθлүθнэ тθрθθбүт тылынан санаатын дьонно этэр, тиэрдэр, алтыһар  усулуобуйатын тэрийии;
3. Ођо эрдэхтэн атын омугу убаастыы үθрэнэллэригэр, дьон ортотугар сиэрдээхтик тутталларыгар олук охсуу, ођо дьођурун сайыннарыы, талаанын арыйыы, киһилии сиэри-майгыны, үθрүйэђи, сатабылы олохсутуу.
         Ыытыллар сирэ:
Дьокуускай куорат, Киров аат. уулусса, 20 N-дээх дьиэ, Ођо айымньытын дьиэтэ,  "Айыы Кыһата" оскуола,
         Ыытыллар кэмэ:      2013 сыл ыам ыйын   18  күнэ.  Сађаланар 9 ч.
         Кытталлар: Дьокуускай куорат оскуолаларын 5-11саха  кылаастарын  үθрэнээччилэрэ, учууталлар.

        Хайысхалара:
1 хайысха -  Уус тарбах үлэтэ: оноһук, уруһуй
2 хайысха -  Айар үлэ: θйтθн суруйуу, айар үлэ 
3 хайысха -  Уус-уран толоруу : аман θс, драматическай кθрүү, уу-уран аађыы
4 хайысха -  Чинчийэр үлэ.
5 хайысха -  Тθрүт культура: олонхо, оһуокай, "Туйаарыма Куо", "Үрүн Уолан"
6 хайысха - Алтыһыы  Ођо түмсүүлэрэ
7 хайысха - Сахалыы остуол оонньуулара

 

 

 

Үлэ кθрүнэ

Ирдэбилэ

Хос быһаарыы

Кыттааччы

  1. Уус тарбах үлэтэ

 

- Оноһук мас, туой, тимир, кыл, туос уо.д.а.
- Уруһуй

- тиэмэни арыйыы;
- үлэ хаачыстыбата;
- үлэ сонуна;
- үлэни кθмүскээһин

 

Алын сүһүθх 5-6 кыл.
Орто сүһүθх: 7-8  кыл.
Үрдүкү сүһүθх: 9-11 кыл.

2. Айар үлэ

 

θйтθн суруйуу

А-4 формакка бэчээттэммит буолуохтаах (шрифт 12, интервал 1,5);
Кээмэйэ: 5-6 кыл. -1,5 сирэй,
7-8 кыл. -  2,5 сирэй,
9-11 кыл. - 4 сирэй

1 секция:
П.А.Ойуунускай айымньылара (биирдии айымньыга тирэђирэн θйтθн суруйуу, ырытыы)
2 секция:
П.А.Ойуунускай - суруйааччы (элбэх айымньыны ырытыы)
3 секция. П.А.Ойуунускай - пассионарнай личность (салайааччы, общественнай-политическай деятель, олонхоһут, чађылхай личность)

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

 

Айар үлэ (жанра кθнүл)

-айар үлэ электроннай уонна кумаађынан варианнара булгуччулаах;
-тиэкис тθннθрүллүбэт

1 секция: Хоһоонунан айымньы. Ааптар сирэй кыттар.
2 секция: Атын жанр - кэтэхтэн кыттыы.

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

  1. Уран тыл

 

"Аман θс" -  тыл этии  куонкуруһа: - бэлэмнэммит тиэмэтинэн этии;
-тута бэриллэр тиэмэнэн тыл этии.

-санарар сатабыл;
-сүрүн санаатын, идиэйэтин
диринэ;
- оригинальноһа;
- этии тутула;
- тыл-ис культурата

 

 

Үрдүкү сүһүθх

  1. Толоруу

 

Уус-уран аађыы:
- биирдиилээн;
- бθлθђүнэн

-айымньы ис хоһоонун арыйыы;
-танас-сап;
-сценађа туттуу-хаптыы;

 

 

- Алын-орто сүһүθх;
- Үрдүкү сүһүθх

 

Драманы кθрүү: 
- эрдэ бэлэмнэммит туруоруу;
- тута туруоруу.

- туруоруу сатабыла;
- толоруу хаачыстыбата

 

 

Кθнүл кыттыы

  1. Чинчийэр үлэ

 

"П.А.Ойуунускай олођо, айар,  научнай, салайар үлэтэ"
чинчийэр үлэлэри кθрүү

- үлэ тођоостоођо;
- үлэ сонуна;
- үлэ ньымата;
- үлэ кээмэйэ;

Үθрэнээччи үлэтин стендэ онорон кθмүскүүр

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

  1. Тθрүт культура

 

Олонхоттон быһа тардыы.

- Үгэһи тутуһан толоруу;
- танас-сап;
- сана чуолкайа, куолас ырааһа

 

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

 

Оһуокай
-эрдэттэн бэлэмнэн;
-тута хоһуйуу (тиэмэ бэриллэр)

-тыл-θс;
-ис хоһооно;
-куолас эгэлгэтэ;
-уһун тыын

 

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

 

Туйаарыма Куо

1.Бэйэни билиһиннэрии
2.Талааны кθрдθрүү
3.θйү-санааны, билиини тургутуу
4.Сахалыы танас
5.Уһун суһуох

 

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

 

Үрүн Уолан

1 Бэйэни билиһиннэрии
2.Талааны кθрдθрүү
3.θйү-санааны, билиини тургутуу
4.Сахалыы танас
5. Күүс-уох тургутуута

 

Сүһүθх аайыттан 1-дии кыттааччы

  1. Алтыһыы

 

Ођо тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ

1 түһүмэх. Бэйэни билиһиннэрии (самопрезентации)
2 түһүмэх. Тθгүрүк остуол.
3 түһүмэх. Бырайыакка тахсыы

Анал бырагырааманан

Үрдүкү сүһүθх

  1. Оонньуу  түһүлгэтэ

 

Сахалыы остуол оонньуулара:
хаамыска;
хабылык

Оскуолаттан 1 кыыс, 1 уол кыттар

 

 

Сайаапкалары маннык аадырыска ыам ыйын 17 кунугэр диэри куутэбит: ул. Петра Алексеева 75/1 каб.N9, к. тел.: 32-42-58, эл.адрес: galina_nms@mail.ru

 

Тэрийэр белех.

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.