Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музей Саха норуотун киэн туттар уола, саха сайдар саҕахтарын бастакынан туруорсубут Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах "Хомуһун тыл, хомоҕой хоһоон түһүлгэтэ" 9-11 кылаас уолаттарыгар уус-уран дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕин Балаһыанньата Сыала-соруга: саха литературатыгар поэзияҕа, драмаҕа, кэпсээнинэн суруллубут жанрдарга киэҥник тарҕаммыт Былатыан Ойуунускай айымньыларын үүнэр ыччакка тарҕатыы, оҕо, ыччат өйүгэр-санаатыгар иҥэрии; саха норуотун чулуу уолун сырдык аатыгар ытыктабылы иитии, кини аатыгар сүгүрүйүү; төрөөбут тылга, литератураҕа тапталы иитии. Буолар күнэ-дьыла: олунньу 18 күнэ 2013с. Бирэмэтэ: 10 чаастан Мисэстэтэ: Ойуунускай аатынан литературнай музей, Октябрьскай уул. 10 Күрэх усулуобуйата: 9-10-11 кылаас уолаттара кытталлар 1. Былатыан Ойуунускай хоһооннорун өйтөн уус-ураннык дорҕоонноохтук ааҕыы. 2. Cуруйааччы кэпсээнинэн айымньыларынан монолог ааҕыы күрэҕэ. Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр көрүҥнэрэ: • Туттан-хаптан дорҕоонноохтук ааҕыы • Толорооччу айымньы ис туругун биэриитэ (артистизм) Кыттааччы сайаапкатын олунньу 14 күнүттэн хойутаппакка биэриэхтээх. Сайаапкаҕа кыттааччыы аата, кылааһа, оскуолата; салайааччы аата-суола; суруйааччы айымньытын аата бэриллиэхтээх. Кыайыылаах анал бирииһинэн наҕараадаланыаҕа. Кыттааччыларга туоһу сертификат бэриллиэҕэ. Хас биирдии кыттааччыттан 300 солк. усунуос төлөнүөхтээх. Билсэр төл: 35-61-32, 42-89-12; 89142218527 (Халгаева Н.В.) э/почта: yglmo@mail.ru |
© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна. |