Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Совет по развитию сети национальных ОУ ГО "город Якутск" /
   
"Избековскай аа5ыылар" кyрэх балаhыанньата
27.02.2014 12:34


                              СР национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт

               С.Н. Донской -II аатынан Саха Республикатын идэтийиигэ

Эбии үөрэхтээһинин автономнай тэрилтэтэ

Yөрэ5и сайыннарар  уонна идэни үрдэтэр институт

Дьокуускай куорат 2 N-дээх  Национальнай политехническай орто оскуолата

Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын  түмсүүтэ

     Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, "Азия оҕолоро" фонда стипендиата, "Гражданскай килбиэнин иьин", "Учууталлар учууталлара" бэлиэ хаһаайына, саха тылын сайыннарыыга учебниктар автордара, тылбаасчыт, экспериментатор, оскуола гимнин автора Лидия Константиновна Избекова сырдык аатыгар ананар.

    Лидия Константиновна Избекова кэнчээри ыччат төрөөбүт тылынан сайдыылаах буоларыгар элбэх сыл сыралаах үлэтин анаабыта. Кини экспериментатор учуутал,методист, тылбаасчыт быһыытынан Саха сиригэр араҥатыгар киэҥ сыанабылы ылар. Лидия Константиновна баай билиитинэн, уопутунан таҥыспыт учебниктарын, методическай пособиеларын республика бары муннуктарыгар иитээччи, учуутал, төрөппүт таһаарыылаахтык туһанар. Иккис нүөмэрдээх оскуола алын кылааһын учууталлара өр кэмҥэ бииргэ үлэлэспит наставниктарын, биир идэлээхтэрин сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах сыл аайы куорат алын сүһүөх сахалыы тыллаах оскуолаларын үөрэнээччилэригэр уонна учууталларыгар күрэх биллэрэр.

I. Тэрээһин сыала-соруга:

- оҕоҕо төрөөбүт тылыгар дириң тапталы, ытыктабылы иитии;

- оҕо бэйэтин санаатын таба саҥарарын, сайыннарарын ситиһии;

- уус-уран айымньыга кэрэхсибили, дириң тапталы иңэрии;

- оҕону ааҕыыга уһуйуу

- Л.К.Избекова  уопутун республика учууталларыгар тэнитии.

                                        Тэриллии  программата:

Күнэ-дьыла: 2014 сыл, кулун тутар 1 күнэ

Бэлиэтэнии: 9ч.00 мүн. - 9ч.30мүн.

Тэрээһини арыйыы: 9.30-10.00 (Актовай зал)

 

Оскуолаттан 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар.

 

Кγрэх аата

  Кγрэх хайысхалара.                   

Буолар сирэ.

1

Дьөhөгөй о5ото

1 кылаас о5олоругар хоhоонноохтук аа5ыы кγрэ5э.(Монтаж)

103 кабинет.

Отв: Федорова С.А.

         Федорова Е.В.

         Константинова Д.П.

2

Тупса5ай буочар

2 кылаас о5олоругар суруйууга кγрэх (оскуолаттан 1 о5о)

212 кабинет.

Отв: Олесова М.М.

         Зыкова М.М.

3

Маңнайгы хардыы

3 кылаас о5олоругар Саhар5а", "Кустук", "Ньургуhун" γөрэнэр кинигэлэр айымньыларынан  инсценировка курэ5э.(5-7 мин)

 

 Актовай зал.

Сыгынньахтанар сир - 110 кабинет.

Отв: Теплоухова Н.С.

          Старостина А.В.

          Бессонова Е.Ю.

4

Айар улэ абылаңа

4 кылаас о5олоругар "Саhар5а", "Кустук", "Ньургуhун" γөрэнэр кинигэлэр айымньыларынан

суругунан улэ. (оскуолаттан 1 о5о)

202 кабинет.

Отв.Андросова М.П.

       Софронова Л.П.

5

Икки тыл - икки кынат

Нууччалыы уорэнэр кылаастар (3-4 кылаастар)

3 кл. Тестовай сорудах (3) + ребус

4 кл. Тестовай сорудах (3) + кроссворд. (оскуолаттан 1 о5о)

110 кабинет.

3кылаас - Максимова Г.Г.

                   Березина С.В.

203 кабинет.

4 кылаас - Потапова И.В.

                     Аргунова В.С.

6

"Сырдык кыымы сыдьаайа…"

 

  Проегынан γлэ.

Оскуолаттан 1 учуутал.

211 кабинет.

Готовцева Л.Р.

Бугаева М.Г.

Соловьева О.Н

    Тэриллиигэ кыттыыны ылар Уметов Таалайбек Эгембердиевич, педагогическай наука  доктор, И. Раззакова аатынан Кыргызскай государственнай университет профессора, АПСН РФ Академига.                                                                       

 

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.