Олунньу 10 күнүгэр Дьокуускай куорат 2 N-ээх Саха национальнай политехническай орто оскуолатыгар саха оскуолатын сайыннарар Сэбиэт кѳҕүлээґининэн киэІ ыІырыалаах мунньах буолла. Бу Сэбиэт "Оҕону сахалыы тылынан үѳрэтии кэскилэ" диэн ааттанан тѳрѳѳбүт тыл декадатын чэрчитинэн ыытылынна. Бу мунньахха СЄ национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт дириэктэрэ Семенова С.С., "Айылгы" тѳрѳппүт общественнай холбоґунун салайааччыта Попова М.П., куорат оскуолаларын тѳрѳпүттэрин салайааччыта Данилов Н.В., "Технопарк Якутии" дириэктэрин солбуйаччыта Охлопков В.Е. кыттыыны ыллылар. Мунньаҕы оскуола оҕолоро уонна учууталлара тойугунан, үІкүүнэн саҕалаатылар. Мантан салгыы мунньах кыттыылаахтара иитии - үѳрэтии эйгэни кэІэтии боппуруостарын ырыттылар. Сүрүн иhитиннэриини "Дьокуускай куорат" куораттаҕы уокурук үѳрэх салалтатын начальнигын солбуйааччы Любимова И.П. оІордо, сахалыы тылынан үѳрэтии - иитии билиІІи туругун ырытан, салгыы үѳрэх тупсарыгар Сэбиэт үлэтин хайысхатын быhааран биэрдэ. Ол кэнниттэн методическай холбоhун салайааччылара Борисова М.Н., Васильева Г.П. саха тылыгар, литературатыгар, тѳрүт культураҕа үѳрэх хаачыстыбатын бүгүІІү туругун ырыттылар уонна тупсарыы боппуруостарга тохтоон бэйэлэрин санааларын эттилэр. Салгыы бииргэ үлэлээhин туhунан СЄ национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт дириэктэрэ Семенова С.С. санаатын атастаста, куорат оскуолаларыгар саха тылын сайыннарар туhугар биир былааны ылынан үлэлииргэ этии киллэрдэ.
Куорат оскуолаларын тѳрѳпүттэрин салайааччыта Данилов Н.В. "Борьба на якутских шестах" диэн саІа айыллыбыт спортивнай бырайыагын билиґиннэрдэ. Түмүгэр учууталлар, ыалдьыттар бу кѳтѳҕүллүбүт боппуруостарга бэйэлэрин санааларын этэн Сэбиэт уурааҕыгар киллэртэрдилэр. |
© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна. |