Управление образования г. Якутска

авторизация карта сайта контакты
Текущий раздел : / Совет по разивитию сети национальных ОУ ГО "город Якутск" /
   
Улуус оскуолаларын 5-11 кылаас кыргыттарын "Холумтан сылааьа" I-кы улуустаа5ы Аа5ыыларын балаьыанньата
12.12.2013 17:45


                                                                               Улуус оскуолаларын директордарыгар,

                                                                             кылаас таһынан үлэни тэрийээччилэргэ,

                                                                                                                                             кылаас салайааччыларыгар

    

Улуус оскуолаларын 5-11 кылаас кыргыттарын

"Холумтан  сылааһа"   I-кы улуустаа5ы

Аа5ыыларын  балаһыанньата

    

    Сыала-соруга: 1. Норуот кыыс о5ону иитиигэ үгэстэрин үөрэтии, чинчийии уонна түмүү.

     2. Кыргыттары олоххо бэлэмнээх булууларыгар норуот үгэс буолбут дьарыгар уһуйуу, үөрэтии бастыҥ холобурдарын тарҕатыы.

     3. Кыыс оҕо олоххо эппиэтинэһин өйдөтүү, иитии.

     4. Билиҥҥи  уонна  норуот муудараһынан  кыыһы иитии уратылара. Ону тэҥнээн көрүү.

     5. Бэйэни иитинии, бэйэни сайыннарыы, салайыныы - кыыс оҕо өйдөбүлүгэр.

     6. „Кыыс оҕо - нация төрдө",  „ Кыыс оҕо уота сылаас",  „Кэрэ  кыыс"  диэн өйдөбүллэргэ билиҥҥи кыргыттар  санааларын арыйыы.

         Тэрийээччилэр: К.С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын Киинэ

                                   Улуустааҕы үөрэх управлениета                      

                                   Норуот педагогикатын Ассоциациятын улуустааҕы салаата

      Кыттааччылар:  Улуус оскуолаларын 5-11 кылааһын кыргыттара.

      Ыытыллар бириэмэтэ:   2014с.  муус устар 09  күнэ.  10ч.

      Ыытыллар миэстэтэ:  Ороһу. К.С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын киинэ.

     

      Дакылааттарга ирдэбил:

1  Темата, аата чуолкай буолуохтаах. 

2. Дакылаат компьютерга (Times Sakha Roman" алф., 12 шрифт). Жюрига 1 экз. текстовой, ону сэргэ хомуурунньукка анаан электроннай вариант ирдэнэр. 1 черно-белай хаартыска ирдэнэр. Хаартыскаҕытын дискэҕэ киллэрэргит ордук.                                       

3. Дакылаат урут атын ааҕыыларга ааҕыллыбатах буолуохтаах.

4. Дакылааттар оскуолаҕа I -кы этапка ааҕыллан, улуустааҕы ааҕыыларга кыттар рецензия  ирдэнэр.

5. Практическай ис хоһоонноох, элбэх иллюстрациялаах, саҥа көрүүлэрдээх, этиилэрдээх, элбэх олоххо туттуллар холобурдардаах дакылааттар ордук биһирэниэхтэрэ.

          Кыттааччы взноһа 150 солк.     

     Кыттааччы айанын, аһылыгын бэйэтэ уйунар.                                     

     Дакылааттары анал жюри сыаналыыр.  Кыттааччыларга сертификат,   кыайыылаахтарга  бириис, грамота туттарыллар.  Дакылааттар хомуурунньукка киирэллэр.  Хомуурунньук бэчээттэннэҕинэ, дакылаатчыттарга босхо бэриллэр.

     Кыттыыга  заявкалары  муус устар 2 күнүгэр 2014 с. диэри 2-81-38 телефонунан уонна

эл/почта: спроrosu@yandex.ru .  

     Дакылааттары темаларынан көрөн,  секциянан аараарыллыахтара.

    

     Ытыктабыллаах  салайааччылар,  ханна баҕарар кыргыттар проблемалара сытыытык турда.  Онон кыыһы кыыс быһыытынан иитиигэ, олоххо, өбүгэ дьарыгар уһуйууга,  бэйэ омугун барҕардыыга  ахсаабат үлэҕит ситиһиилээх буоларыгар уонна бу I-кы кыргыттар ааҕыыларын өйүүргүтүгэр, үөрэнээччи кыргыттаргытын  тэрийэн кытыннарыахтара диэн эрэнэбит.

                                                            К.С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын Киинэ.

© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна.