Сахалыы таба суруйар үөрүйэҕи олохсутарга, иҥэрэргэ анаан, уонна Сурук-бичик күнүгэр анаан "Сахалыы диктант" диэн акцияны ыытабыт. Төһө үчүгэйдик сахалыы суруйаргын бэрэбиэркэлэниэххин баҕарар буоллаххына, 2015 сыл, олунньу ый 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатыгар күнүс 14.00 чаастан ыҥырабыт. Кэлиҥ, кыттыҥ, бэйэҕит төрөөбүт сахаҕыт тылынан төһө сөпкө суруйаргытын бэрэбиэкэлэниҥ! 2014 сылга сахалыы диктант суруйбут дьон көрдөһүүтүнэн, олунньу 12 күнүгэр, киэһэ 18.30 чаастан ХИФУ доцена Чиркоева Д.И. тылы таба суруйууга уонна сурук бэлиэтин быраабылатыгар сүбэ - ама биэриэҕэ. Буолар бириэмэтэ уонна сирэ: Олунньу 14 күнэ, күнүс 14:00 чаастан; Ленин пр. 40, СР Национальнай библиотеката, 2 этаж, киирэр аана Октябрьскай уул. өттүттэн. источник: http://sakhalife.ru/node/89352 |
© 2004 Якутское городское управление образования
При использовании материалов сервера ссылка на источник и этот сайт обязательна. |